«Кэскил»
интеллектуальнай уонна айар дьо5уру сайыннарар киин иһинэн
тэриллибит «Ойоос-2016» лааҕыр бастакы сезонун оҕолоро, бэс ыйын 27 күнүгэр Гоголев Иван Михайлович-Кындыл
олохсуйбут, улааппыт сиригэр-уотугар сылдьан элбэҕи билэн-көрөн
кэллибит. Иван Гоголев Быыттый диэн
ытык-сиргэ, ол эбэтэр кыра алааска үөскээбит. Онно анаан Сыдыбыл олохтоохторо ытык
бэлиэ туруорбуттар. Айбыт аҕата Гоголев Михаил Николаевич, ийэтэ Ахчаҥнырова-Гоголева Анна Федотовна. Кындыл Уйбаан эбэтэ сахалыы
тыллаах-өстөөх буолан, кини олоҕор поэт буолан тахсарыгар улахан оруоллаах эбит. Ол
курдук элбэх үһүйээннэри, кэпсээннэри
билэр буолан, үлэттэн быыс буллар эрэ сиэннэригэр кэпсиир - сэһэргиир эбит.Кындыл кэргэнэ Черткова Мария
Алексеевна, идэтинэн агроном, селекционер.Кини селекционер буолан, моонньоҕону буоһатан саҥа суорду таһаарбыт. Олортон биир саамай биллэр
моонньоҕонун суордун «Хара кыталык» диэн Иван Гоголев
айымньытын аатынан ааттаабыт. Кинилэр 3 оҕоломмуттар, икки кыыс, биир уол. Уоллара кыра сааһыгар ууга былдьаммыт.
Кыргыттара Елена Ивановна-художник-модельер, Анна Ивановна-аҕатын
туйаҕын
хатаран прозаик суруйааччы буолбут. Кындыл Уйбаан
өлүөн эрэ иннинэ сарсыарда эрдэ 6 хоһоону суруйбут. Онон олоҕун тиһэх чааһыгар тиийэ кини дьонугар-сэргэтигэр бэйэтин айымньыларын
суруйан хаалларбыт.
Туйаара
Михайлова, «Репортер»
«Кэскил»
АИК Бүлүү к.
|